
Егор
Иванович
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ
История солдата
Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө эҺэлээх эбэм туҺунан ахтан-санаан ааҺар тоҕоостоох түгэн көҺүннэ. Тыһакыыстан төрүттээх Тимофеев Егор Иванович Дьаархан Чуукаарыттан Игнатьева Мария Алексеевналыын ыал буолан Бакамдаҕа олохсуйбуттара. Сэриигэ барыар диэри бултаан-алтаан колхозка үлэлээн, дьон тэҥинэн олорбуттара. Аҕалара сэриигэ барбытын кэннэ ыарахан кэмнэр саҕаламмыттара. Бурдук үүммэккэ, дьон хоргуйан өлөрө. Сайын кииҺилиэ, бэс субатын хаҺаанан, кыҺын тарга кутан сиэн киҺи-хара буолбуттара. Маарыйа үлэлиир буолан бурдук, бурдук атаҕын, ынах соҕотоҕун үс оҕолоох хаалан, хоргуйан өлүмээри, аймахтарыгар Чуукаарга кыра уолун балтараа саастаах Уйбааны илдьэ сатыы барбыт. ХонооҺойдоох Дуунньаны ыалга хаалларбыт. Аччыктаан сэниэтэ эстэн, сүгэ сылдьар уолун суолга олордон эбиспит. Баран иҺэн кэннин хайыҺан көрбүтэ, уола үөрэ-үөрэ даллаҥалыы олороро үҺү. Оҕотун аҺынан кэлэн ылбыт, хата аттаах киҺи ситэн кэлэн олордон Чуукаарга этэҥҥэ тиийбиттэр. Ити бара сылдьан Евсеев Мэхээлэлээхтэн бурдук бэриҺиннэрбит.
Аны сэриигэ барбыт кэргэнэ сураҕа суох сүппүт диэн сурук кэлбитэ. Сэрииттэн биир сурук кэлбитэ, көҺөргө сүтэн хаалбыт. Инньэ гынан сэрии огдообото диэн туох да чэпчэтиинэн туҺамматаҕа. Оҕолорун иитээри колхоз үлэтигэр умса-төннө үлэлиирэ, кини хоҺуун дьахтар буолан оҕолоро бары үлэҺит үтүөлэрэ буола улааппыттара.